Essays.club - Получите бесплатные рефераты, курсовые работы и научные статьи
Поиск

Ньыыкан Арамаанап көстүбэт киһи

Автор:   •  Март 11, 2021  •  Курсовая работа  •  2,533 Слов (11 Страниц)  •  352 Просмотры

Страница 1 из 11

ГБНОУ РС(Я) “Республиканский лицей- интернат”

Курсовой үлэ

НЬЫЫКАН АРАМААНАП – КӨСТҮБЭТ КИҺИ

Үлэни толордо:

10 гуманитарнай кылааһын үөрэнээччитэ

Н.Н. Николаев

Үлэни салайда:

А.А. Широков аатынан Аартыктаа5ы  

Модельнай бибилитиэкэ сэбиэдиссэйэ

Нико Александрович Беллик

2018 сыл

ИҺИНЭЭҔИТЭ:

КИИРИИТЭ.....................................................................................................2 стр.

I БАҺА.  НЬЫЫКАН АРАМААНАП ТУҺУНАН БООТУЛУУ, СУРГУУЛУК ОЛОХТООХТОРУТТАН ХОМУЛЛУБУТ ҮҺҮЙЭЭННЭР УОННА  ОННО ОЛОҔУРБУТ “БАЛАРДА КЫЫҺА” ДРАМА.............................................3 стр.

  1. Көстүбэт киһи  Ньыыкан Арамаанап туһунан Боотулуу, Сургуулук олохтоохторуттан хомуллубут үһүйээннэр........................................ 3 стр.

1.2.   Ньыыкан Арамаанап Ыарыкчаан күөлгэ,  Буокка оҕонньорго дьуккаах олоруута............................................................................................................4 стр.

1.3.    Буокка оҕонньор иитиэх кыыһа Баларда кыыһа Балбаара................6 стр.

II БАҺА.  НЬЫЫКАН АРАМААНАП - КӨСТҮБЭТ КИҺИ  ................... 8 стр.

2.1.   Фольклорист П.Е.Ефремов сылыктааһына..........................................8 стр.

2.2.   Көстүбэт киһи Ньыыкан Арамаанап туһунан Ефим Афанасьевич Филиппов Буоккаттан истибит сэһэниттэн………........................................9 стр.

2.3. Үһүйээннэргэ олоҕуран көстүбэт киһи Ньыыкан Арамаанап туһунан мин санаам..............................................................................................................10 стр.

ТҮМҮК...........................................................................................................12 стр.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЭРЭТИИРЭ..........................................................14 стр.

СЫhЫАРЫЫ 1………………………...……………………………………15 стр.

КИИРИИТЭ

     Үлэ тоҕооһо: мин төрөөбүт нэһилиэкпэр  Ньыыкан Арамаанап диэн көстүбэт киһи буулуу сылдьыбытын туһунан үһүйээн  баар.

     Омук тылын тылдьытыгар көрдөххө “Полтергейст” диэн ньиэмэс омук тылыттан киирбит, оттон нуучча тылын тылдьытыгар “невидимка” диэн тыл “невидимое существо”, “домовой” диэн эбит. Оччотугар сахаларга эмиэ көстүбэт киһи баара оруннаах курдук.

     Сонуна: билиҥҥи туругунан Ньыыкан Арамаанап - көстүбэт киhи туhунан дириҥник ситэ үөрэтиллэ илик.

     Үлэм сыала: Ньыыкан Арамаанап - көстүбэт киhи олоро сылдьыбытын туоhулааhын.

     Үлэ соруктара:

  1. Ньыыкан Арамаанап туhунан үhүйээннэри, номохтору анаалыстааhын.
  2. Ньыыкан Арамаанаптыын алтыспыт дьон ахтыытын үөрэтии.

     Гипотеза (барыл санаа): Ньыыкан Арамаанап кырдьык олоро сылдьыбыт киhи диэн туоhулааhын.

I БАҺА.  НЬЫЫКАН АРАМААНАП ТУҺУНАН БООТУЛУУ, СУРГУУЛУК ОЛОХТООХТОРУТТАН ХОМУЛЛУБУТ ҮҺҮЙЭЭННЭР УОННА  ОННО ОЛОҔУРБУТ “БАЛАРДА КЫЫҺА” ДРАМА

1.1. Көстүбэт киһи  Ньыыкан Арамаанап туһунан Боотулуу, Сургуулук олохтоохторуттан хомуллубут үһүйээннэр.

     Ньыыкан Арамаанап туһунан араас кэмҥэ суруллубут бэйэ - бэйэлэригэр майгыннаһар барыта 6 киһи ахтыытын уонна үһүйээҥҥэ олоҕуран суруллубут драманы  буллум. (Ахтыылары, драманы  сыһыарабын)

1. 1957 с Ыйылас нэһилиэгэр Баакый күөлгэ Ефим Афанасьевич Буокка оҕонньортон (1879 с.т.) суруммут сэһэнэ.

2. М.Е. Прокопьева  Ыарыкчааҥҥа ыалдьыттааһын. Дьокуускай куорат олохтооҕо үлэ - тыыл ветерана биэрбит ахтыытыгар бу түбэлтэ 1913 сыл иһигэр таһыгар  буолбут диэн бэлиэтээбит.

3. Г.С.Угаров - биология билимин доктора. Ньыыкан Арамаанап –Көстүбэт киһи. (Үөһээ Бүлүү, Бэҕэһээ, Бугун, Сарсын) кинигэттэн.

4. 1958с. Боотулуу олохтооҕо Афанасий Иванович Золотарев (1866 с.т) 92  сааһыгар  сылдьан Буокка оҕонньортон истибитин  дойдутугар Ньурба Куочайыгар тиийэ сылдьан кэпсээбит. Балбаара Ньурбаҕа кэлэн оонньообутун туһунан Чуукаар олохтооҕо Дабыыдап Өлөксөй  1936 с. сайын 63 саастааҕар кэпсээбит.

...

Скачать:   txt (33.8 Kb)   pdf (153.1 Kb)   docx (20.1 Kb)  
Продолжить читать еще 10 страниц(ы) »
Доступно только на Essays.club