Аҕа дойду Улуу сэриитэ 1941-1945сс
Автор: Algys02 • Май 3, 2022 • Доклад • 2,591 Слов (11 Страниц) • 351 Просмотры
ИҺИНЭЭҔИТЭ
КИИРИИТЭ
Өкүлүүнэ Кугасова оонньоммотох оҕо сааһа.
1.1 Аҕа дойду Улуу сэриитэ 1941-1945сс.
1.2 Мин эбэм сэрии сылларыгар.
ТҮМҮК
ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЭРЭТИИРЭ
СЫҺЫАРЫЫЛАР
КИИРИИТЭ
Тиэмэ үөрэтиллиитэ.Сэрии уонна эйэ бэйэ-бэйэлэригэр утарыта суолталаах философскай өйдөбүллэр. Бастакыта сир үрдүгэр өлүүнү-сүтүүнү, аана суох алдьархайы, аас-туор олоҕу аҕалар, оттон иккиһэ дьолу-соргуну, уйгулаах олоҕу түстүүр. Саха сириттэн сэриигэ 62.500 киһи 18 улуустан фроҥҥа барбыта. Ол иһигэр 418 дьахтар ыҥырыллыбыта. Ону тэҥэ 400 биир дойдулаахтарбыт Ильмень күөлгэ олохторун толук уурбуттара. 24.000 киһи эрэ сэрииттэн төннөн кэлбитэ.
Аҕа дойду сэриитин унньуктаах түөрт сыла саха норуотугар алдьархайынан ааҥнаабыта. Дьон саамай чулуута, кыайылаах-хотулаах өттө, эдэрэ, чэгиэнэ сэриигэ ыҥырыллыбыта, үгүстэр кыргыһыы хонуутугар охтубуттара.
Үлэ тоҕоостооҕо:
Мин эбэм сэрии сылларыгар олоҕун кэриэс кэмнэрин үйэтитээри дакылаат үлэбин суруйдубут.
Үлэ сыала: Эбэм Аҕа дойду сэрии кэмигэр олоҕун чинчийии;
Үлэ соруга: Эбэм ахтыы суругун үйэтитии;
Чинчийии барыма: Ахтыылар;
Чинчийии барамайа: Пустолякова Акулина Семеновна аатын үйэтитии.
Чинчийии матырыйаала: Пустолякова Акулина Семеновна, бииргэ төрөөбүттэрин ахтыылара.
Чинчийии ньымата: Бииргэ төрөөбүттэр, оголорун, сиэннэрин ахтыыларыгар олоҕуран үөрэтэн, чинчийэн үлэ оҥоһулунна.
Чинчийии сонуна:Мин эбэм сэрии ыар дьылларыгар олоҕун ахтыыттан ааҕан, хомуйан оҥорон биллим. Билигин мин эбэм, эһэм сыдьааннара, ол эбэтэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ийэ ууспут хаҥаан тэнийэн улуус, улууһунан, куорат, куоратынан төрөөн-үөскээн олоробут.
Үлэ түөрүйэтэ. Быраактыка өттүнэн көдьүүһэ: үлэҕэ Акулина Семеновна сэрии кэмигэр олоҕун туһунан сурулунна. Онон, бу үлэ сэрии кэмин оҕолорун аатын ааттатарга, үйэтитэргэ нэһилиэк историятын хаҥатарга, олохтоох музейга эбии матырыйаал буоларыгар көмө тирэх буолуон сөп.
Үлэ тутула:үлэ киирииттэн, икки бастан, түмүктэн, литэрэтиирэ испиэһэгиттэн турар.
1.1 Аҕа дойду Улуу сэриитэ 1941-1945сс.
Барыта 62 дойду кыттыбыт. Мантан хайалара эрэ быһаччы сэриилэспит, атыттара аһынанүөлүнэнхааччыйбыттар, сорохтор аатыгар эрэ кыттыгастар.
Гитлери утары бөлөххө (коалицияҕа) бастакынан, о. э. 1939 с. Польша, Великобритания, Франция киирбиттэр.
1941 с. ССРС уонна АХШ кыттыспыттар. Бу түмсүүгэ, бэл, Кытай, Панама, Эквадор, о.д.а., биһиги билэрбитинэн, оччотооҕу сэрииттэн быдан ыраах уонунан дойду киирбит эбит.1943 сылтан Италия эмиэ манна кыттыспыта.
Нацистар бөлөхтөрө (блоктара) эмиэ балайда халыҥ. Биллэн турар, Германия, Япония, сэрии ортотугар диэри — Италия, 1944 с. диэри — Финляндия, Болгария, Румыния уо.д.а. 1941 с. диэри оннооҕор Иран уонна Ирак бу бөлөххө киирэ сылдьыбыттар. Окупаассыйа сиригэр тутулуктаах судаарыстыбалар тэриллибиттэрин таһынан, дьиҥ утары турааччылар быыстарыттан эмиэ нацистар сэриилэрэ тэриллибиттэрэ: РОА, РОНА, «Көҥүл Индия», араас омуктар СС дивизиялара (нууччалар, украинецтар, эстонецтар, латыштар, датчаннар, бельгиецтэр, французтар, албанецтар).
Бэлэмнэнии. Европа
Билигин көрдөххө, барыта Аан дойду Бастакы сэриититтэн саҕаламмыт эбит.
1919 с. бэс ыйын 28 күнүгэр түһэрсиллибит Версаллааҕы эйэ дуогабара Аан дойду Бастакы сэриитин түмүктээбитэ. Онтон ыла соҕотоҕун кыайтарыылаах хаалбыт Германия илиитэ атаҕа бааллыбыта. Онуоха-маныаха диэри.
Ол эрээри диибит. 1933 с. Гитлер баһылыктаах Национал-социалистическай оробуочай баартыйа былааска кэлиэҕиттэн, Германияҕа ол дуогабары баардылаабат буолбуттара, аармыйаҕа ыҥырыыны сөргүппүттэрэ, сэбилэнэн барбыттара. Ити сыл алтынньытыгар Германия Нациялар Лигаларыттан тахсыбыта уонна Женеваҕа ыытыллыбыт сэбилэнииттэн босхолонуу кэмпириэнсийэтигэр кыттартан батыммыта. 1934 с. сайыныгар Германия Вена куоракка путч тэрийтэрэн, Австрия сорох сирин баһылыырга холоммута эрээри, ону Муссолини утарбыта — Италия 4 дивизията Австрия кыраныыссатыгар чугаһаан, ити санаалара туолбатаҕа.
Италия да сүгүн дьүгээр олорбот кэмэ этэ.1935-36 сс. кини Эфиопияны сэриилээн ылбыта уонна Италия импиэрийэтэ тэрилиннэ диэн биллэрбитэ.
Биллэн турар, Нациялар Лигалара итини «чээн» диэбэтэҕэ. Онон икки фашистыы дойду чугаһаспыттара. Ньиэмэстэр Австрияны баһылыылларыгар илиилэрэ сөллүбүтэ. 1936 с. кулун тутарыгар Рейннээҕи зонаҕа киирэллэр. Великобритания да, Франция да күттүөннээхтик утарыласпаттар. Ити сыл сэтинньи 25 күнүгэр Германия уонна Япония Коминтерны (ол эбэтэр хомуньуустары) утары пакт түһэрсэллэр. Балтараа сыл буолан баран, хомуньуустары эһэр сыаллаах куодарыһыыга аны Италия кыттыһар.
1938 с. кулун тутарыгар Германия Австрияны туох да утарылаһыыта суох бэйэтигэр холбуур. Алтынньыга Мюнхеннааҕы сөбүлэһии түмүгэр Чехословакия Судет уобалаһын былдьыыр. Онуоха Франция уонна Великобритания сөбүлэһэллэр, оттон Чехия санаатын учуоттуу да барбаттар. Саас Чехияны барытын сэриилээн ылаллар. Нацистыы санаалаах Словакия үөскүүр. Чехословакияны үллэстиигэ Польша уонна Венгрия кытталлар.
Франция уонна Великобритания сол да кэмҥэ иэрэҥ-саараҥ олороллор. Арай Гитлер Мюнхеннааҕы сөбүлэһиини кэһэн барбытыгар эрэ, дьэ, кытаанахтык дьаһаннахха эрэ сатанарын өйдөөн бараллар.
Ити кэмҥэ Сэбиэскэй Сойуус аан дойду уонна Европа бэлиитикэтигэр дьайыыта мөлтөх. Ол төрүөтэ — Аан дойду Бастакы сэриитэ, Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтэ, гражданскай сэрии. Ол эрээри индустриализацияны кимиилээхтик киллэрэр, сыыйа бөҕөргөөн иһэр эдэр судаарыстыба «аан дойду державатын» аатын ыларга талаһар. Москуба оччотооҕу тас бэлиитикэтэ итинэн салайтарар.
1939 с. Европаҕа буолбут бэлиитикэ кириисиһин түмүгэр, икки байыаннай-бэлитиичэскэй бөлөх үөскүүр: биир өттүттэн — Англия-Франция, иккис өттүттэн — Германия-Италия. Бу бөлөхтөр иккиэн ССРС-ы кытары бииргэлэһэргэ дьулуһаллар. Атырдьах ыйын 23 күнүгэр ССРС уонна Германия сэриинэн саба түһүспэт туһунан дуогабар (Молотов-Риббентроп пактара) түһэрсэллэр. Онуоха Илин Европаҕа (Балтика дойдуларын уонна Польшаны киллэрэн туран) хардарыта интэриэһинэн салайтарарга сүбэлэһэллэр.
ССРС, Германия, Франция уонна Германия сэриигэ бэлэмнэнэн бараллар. 1939 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Германияны кытары алтыспат санааны ылыммыт Польшаҕа Гитлер сэриилэрэ киирэллэр. Аан дойду Иккис сэриитэ саҕаланнаҕа ол.
1939 с. балаҕан ыйынааҕы ыҥырыы түмүгүнэн: Германия аармыйата 4,6 мөл. киһилээх; Франция — 2,67 мөл., Великобритания — 1,27 мөл., ССРС 5 289 400 (дьиҥэр, кыахтаах да эрээри олорон биэрии буолбут курдук).
Бэлэмнэнии. Aзия
Бу эргин сэрии Япония Манчжурияны уонна Кытайы сэриилиэҕиттэн саҕаламмыта. 1931 с. от ыйын 7 күнүгэр Япония Кытай кыраныыссатын хабайар хаба ортотунан кимиини саҕалаабыта, о.э. «Дьоппуон-Кытай сэриитэ» саҕаламмыта.
Түмүгэ өр күүттэрбэт. Великобритания, АХШ уонна Голландия Японияҕа үбүнэн “олуйаллар”. ССРС букатын кыттыспат. Тоҕо диэтэххэ, 1938-39 сыллардааҕы кыраныысса айдаана кыһарыйара тохтотор. Итинтэн саамай биллибитэ — Хасан күөл аттынааҕы кыргыһыы уонна Халхин-Гол сэриитэ.
Тиһэҕэр, Япония хоту (ССРС утары) эбэтэр соҕуруу диэки барарын быһаарарга күһэллэр. Сэриилэспэт туһунан санаа да суох эбит ол кэмҥэ. Соҕурууну талаллар. Инньэ гынан, 1941 с. муус устар 13 күнүгэр ССРС-ы кытта биэс сыл болдьохтоох «нейтралитет» туһунан дуогабар түһэрсэллэр. Япония сэриигэ бэлэмнэммитинэн барар — Чуумпу акыйааҥҥа сабыдыаллаах АХШ-ы, Великобританияны уонна Голландияны утары.
«Пёрл-Харбор» киинэни көрөн элбэх киһи «ытаабыт» буолуохтаах. 1941 сыл ахсынньы 7 күнүгэр Япония самурайдара Пёрл Харбор диэн Эмиэрикэ муоратааҕы байыаннай базатын имири соппуттара.
Сэрии бастакы түһүмэҕэ. 1939 с. балаҕан ыйа — 1941 с. бэс ыйа
1939 с. балаҕан ыйын 1 күнэ. Германия сэриилэрэ Польшаҕа киирэллэр. Онно Словакия кыттыһар.
Эрдэттэн Польшаны өйүөх буолан эрэннэрбит Великобритания, Франция, ону таһынан Австралия, Саҥа Зеландия Германияҕа сэриини биллэрэллэр. Аҕыйах хонугунан кинилэргэ Канада, Ньюфаундленд, Соҕуруу Африкатааҕы Сойуус уонна Непал холбоһоллор. Ол да буоллар, арҕаа фроҥҥа Великобританиялаах Франция улаханнык хамсыы барбаттар. Муораҕа эрэ атын хартыына: балаҕан ыйын 3 күнүгэр U-30 подлодка сэрэппэккэ эрэ дьон айанныыр «Атения» лайнерын кэбилиир. Онон ити икки дойду муораҕа баҕас сэриилэһэллэр.
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр диэри ньиэмэстэр поляктар кирбиилэрин тумнараллар, Варшаваҕа тиийэн кэлэллэр. Сарсыныгар кылаабынай хамаандыссай Эдвард Рыдз-Смигли дойду соҕуруулуу-илиҥҥи өттүгэр чугуйарга бирикээстиир да, сэриитин үксэ төгүрүллэр. Ый ортотугар диэри хантан да өйөбүл ылбатах Польша сэриитэ ыһыллар. Балаҕан ыйын 17-тэ үүнэр түүнүгэр Польша бырабыыталыстыбата уонна үрдүкү хамаандабанньата дойдуттан күрүүр. 17-кэ илин өттүттэн сэбиэскэй сэрии киирэр. Онуоха ССРС салалтата «Польша илин өттүгэр олорор украинец уонна белорус омуктары ньиэмэс агрессиятыттан көмүскүү» кэлбитин туһунан биллэрэр.
Бу иннинэ, о.э. балаҕан ыйын 14 күнүгэр, Гудериан 19-с тааҥкабай куорпуһа, Илиҥҥи Пруссияттан эмискэ куһуурдан тиийэн Брест куораты былдьыыр. Үс хонукка сэриилэһэн баран, куораты көмүскээччилэр тэскилээн биэрэллэр.
Германия бас билбитин кэннэ эстибит Польша сиригэр-уотугар Германия уонна ССРС кыраныыссата олохсуйар. Үһүс Рейх састаабыгар киирбит сирдэргэ «германизация» барар. Ол аата — поляктары уонна оннооҕу дьэбириэйдэри кыдыйыы. Дьэбириэйдэри «геттоҕа» симэллэр.
ССРС-ка тиксибит дойдулар Украина ССР, Белоруссия ССР уонна Литва састаабыгар киирэллэр. Биллэн турар, баай-тот, арыыйда кыахтаах өттүлэрэ, ону таһынан интэлигиэннэр репрессияҕа түбэһэллэр.
Гитлер үөнэ-күрдьэҕэтэ
1939 с. алтынньы 6 күнүгэр Гитлер «Эйэ кэмпириэнсийэтин» ыытарга эппит. Күүстээх судаарыстыбалары барыларын ыҥырбыт. Великобритания уонна Франция усулуобуйа туруорбуттар: Польшаны уонна Чехословакияны босхолуурга. Инньэ гынан кэмпириэнсийэ буолбат. Ньиэмэс хамаандабанньата арҕаа диэки барар сэриини бэлэмнээбитинэн барар.
Ити — саҕаланыыта эрэ.
Түмүк
Туох да диэбит иһин, Аан дойду Иккис сэриитэ киһи аймах бу Орто дойдуга олорор олоҕун отуорун хамсаппыта, тосту уларыппыта, алдьаппыта. Холобур, оччолорго саҥа атаҕар туран эрэр Сэбиэскэй Сойууспутун да ылыаҕыҥ. Бу сэриигэ 62 судаарыстыба кыттыбыта. Ол эбэтэр Сир Ийэ дьонун 80 %-на! Сэрии 40 дойду сиригэр-уотугар барбыта. 110 мөл киһи сэриигэ ыҥырыллан быһаччы кыттыбыта. 50-55 мөлүйүөн киһи өлбүтэ, кыргыһыыга — 27 мөл. Ордук элбэх дьону ССРС, Кытай, Германия, Япония уонна Польша сүтэрбиттэрэ. Сэриигэ кыттыбыт хас биирдии дойду баайын-дуолун 60-70 %–нын илии соттубута. Ол үп, быһа холоон, 4 триллион дуолларга тэҥнэһэр. Биллэн турар, үксэ сэрии сэбин, тиэхиньикэтин оҥорууга туттуллубута. Оттон төһөлөөх куорат, дэриэбинэ имири сотуллубутун ааҕан сиппит суох.
Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 63 тыһ. кэриҥэ киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 40 тыһ. кэриҥэ өлбүтэ, эбэтэр сураҕа суох сүппүтэ.
Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыар, «тымныы сэрии» түмүктэниэр диэри аан дойду барыта икки лааҕырга хайдан олорбута.
...