Синоним тыллары аннынан тардан бэлиэтээң
Автор: Ignati Tchagylysov • Март 23, 2019 • Контрольная работа • 1,437 Слов (6 Страниц) • 454 Просмотры
5 кылаас
Сордоң
Эдик бэһис кылааска үөрэнэр. Кылааһыгар уңуо5унан барыларыттан намыһах. Үөрэ5эр со5отох туйгуннара. Маңнайгы кылаастан барыны бары сэргиир, сонургуур. Ол иһин билиитэ-көрүүтэ киэң.
Бүгүн Эдик көрбөтө5үн көрдө. Эбэтэ Өрүүскэ күтүөтэ киллэрэн биэрбит сордоңун астыыр буолбут. Эдик иһит-хомуос булуста, иппэй-туппай көмөлөстө. Эбэтэ дьураа-дьараа ойуулардаах уһун субуруйбут балыгы эргим-ургум тутта. Итиэннэ өрө5өтүн тэлэ тардан хайа тыырда. Онуоха сордоң иһиттэн кыра со5ус тунаарбыт көрүңнээх биэс балык түһэн кэллэ. Үһэ кыһыытай, иккитэ хаахынай, арыт оруука дэнэр балык. Сордоң сүрдээх сиэмэх, күүстээх балык. Ити тутан сиэбит балыктара.
Сорудах: Синоним тыллары аннынан тардан бэлиэтээң.
6 кылаас
Снайпер
Туйгун снайпер Алексей Афанасьевич Миронов аата дивизия5а эрэ буолбакка , отут үһүс аармыйа5а бүтүннүүтүгэр киэңник биллибитэ. Фроннаа5ы хаһыаттар кини туһунан үгүстүк суруйбуттара. Сүүс сүүрбэ үс гитлеровскай саллааты кыргыбытын иһин уонна элбэх снайперы бэлэмнээбитин учуоттаан , кинини командование Советскай Союз Геройун аатын иңэрэргэ түһэрбитэ. Ол докумуоңңа оло5уран, Алексей Афанасьевич Миронов А5а дойду сэриитин 1 истиэпэннээх уордьанынан на5араадаламмыта.
Алексей Афанасьевич дивизия снайпердарын түмсүүтүгэр кыттыбыта. Онно араас омук бэргэн ытааччыларын ортолоругар снайперскай ытыы күрэ5эр туйгун сыананы ылбыта. Кыргыһа сылдьан бэйэтин курдук снайпердары бэлэмнээбитэ.
Миронов баар дивизиятыгар сахалартан Д.Гуляев, С.Ковров чулуу снайпердарынан биллибиттэрэ, албан ааттара дойду үрдүнэн уонна кыргыһыы хонуутугар киэңник иһиллибитэ.
Сорудах: Анал ааттары булан бэлиэтээң.
7 кылаас
Кулунчук
А5ам-сылгыһыт. Кини биир кыһыңңы буур5алаах түүн бөрөлөр тарпыт биэлэрин о5отун эргэ суор5аңңа суулаан, сыар5а5а тиэйэн а5албыта. Бу- уһун атахтардаах, дэйбиирдии кутуруктаах үүт маңан кулунчук этэ.
Кулунчук күөх окко хамсаабакка сытан баран, киэһэлик тураары үнүөхтээтэ. Мин кини аттыттан арахсыбаппын. Кулунчук куобах курдук чөрөгөр кулгаахтара уонна син ат кэриэтэ кистээн дьырылатара миигин дьиктиргэттэ. А5ам сарсыарда үлэтигэр бараары туран, күн уоттаныар диэри кулунчугу хотон иһигэр о5олуурга эттэ.
Мин күн аайы кыбыыттан хаста да түүтээхтээн от киллэрэн биэрэбин. Кыл ыа5айаттан уулатабын. Саас кулунчук аан маңнай кыбыыга та5ыста. Кини таһырдьа сырдыгыттан, ырааһыттан, киэңиттэн үөрбүттүү кистээн дьырылатта. Онтон үс мастаах сүллүгэс бүтэйи кэрийэ сиэлэн тэкэйдэ.
Мин кулунчукпунаан сайыны быһа бииргэ сырыттыбыт. Кинини ийэтин, Буур5аны, утумнаабыт быһый атахтаах, тардыылаах бө5ө буолуо диэн дьыл5алыыллар.
Сорудах: Туохтуурдары булан бэлиэтээң.
8 кылаас
Аахпыттан суруйуу
Мүрүнэн суолламмыт...
Биһиги Эбэбит кэпсээҥҥэ киирбит, ырыаҕа ылламмыт сир. Мүрү оннук талба-мааны алаас. Оройуон киинин утары өссө үс бөһүөлэк көстөн олорор. Онон айан суола аарыгыра сытар.
Биир сарсыарда Ааныс Майаҕаска дьиэтиттэн тахсан, бааһынанан быһалыы биэс биэрэстэлээх Бороҕоҥҥо тахсан истэ. Сирин үс гыммыт биирэ буолан истэҕинэ, арай, киһитэ суох соҕотох сылгы иһэрин ыраахтан көрбүт. Манан бааһына, ходуһа аһаҕас кэмигэр араас техника быһалаан сылдьар суола. Били ата суол устун, уун-утары чэпчэки-чэпчэкитик дугунан, сиэлэн чугаһаан испит. Өйдөөн көрбүтэ: ата туттара-хаптара, быһыыта-таһаата хайдах эрэ сылгыттан уратылаах курдук эбит. Төбөтө сулбуйа уһаан, атахтара дыабайа үрдээн, арҕастыын-таймалыын атын “ат» буолан биэрбит. Дьахтар соһуйан, долгуйан сарылыы түһээт, мас ыла охсон, суолуттан туораан, далбаатана, сапсына турбут. Хаһан да харахтаан көрбөтөх, суолун биэриэн баҕарбатах харамайыттан сүрдээҕин куттаммыт.
...