Essays.club - Получите бесплатные рефераты, курсовые работы и научные статьи
Поиск

Күн Дьирибинэ - үгэ маастара

Автор:   •  Декабрь 24, 2023  •  Курсовая работа  •  3,648 Слов (15 Страниц)  •  126 Просмотры

Страница 1 из 15

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээссийэлии үнүбэрситиэт Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ

Куурустааҕы үлэ

КҮН ДЬИРИБИНЭ - ҮГЭ МААСТАРА

Толордо: саха салаатын 3 кууруһун

Устудьуона Григорьева Сайыына

Салайааччы: ф.н.к., доцент

Саргылаана Ивановна Егорова

Дьокуускай 2021

ИҺИНЭЭҔИТЭ

КИИРИИТЭ.....................................................................................................3

I БАС. КҮН ДЬИРИБИНЭ ОЛОҔО УОННА АЙАР ҮЛЭТЭ.....................5

  1. Күн Дьирибинэ олоҕо...................................................................................5
  2. Айар үлэтэ.....................................................................................................8
  3. Үгэ диэн тугуй?...........................................................................................11

II БАС. КҮН ДЬИРИБИНЭ - ҮГЭ МААСТАРА.............................................12

2.1. Күн Дьирибинэ - үгэ маастара....................................................................12

2.2. Үгэлэригэр туруоруллар проблемалар, бэргэн этиилэр...........................17

ТҮМҮК................................................................................................................22

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЭРЭТИИРЭ...............................................................23

КИИРИИТЭ

Саввин Степан Афанасьевич - Күн Дьирибинэ - саха биллиилээх бэйиэтэ, үгэһитэ, тылбаасчыта. ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Кини үгэлэрэ дириҥ ис хоһоонноохтор, бэргэн, хомоҕой тыллаахтар. Күн Дьирибинэ бэйэтин үгэлэрин нөҥүө үспүкүлээннэри, сэргэҕэ суох буолууну, киһи омсолоох сиэрин-майгытын саралыыр.

Үлэ тоҕоостооҕо (актуальнаһа): Саха бастакы, биллэр үгэһитэ Степан Афанасьевич Саввин - Күн Дьирибинэ буолар. Кини үгэлэрэ олус баай тыллаахтар, дьону үөрэтэллэр-такайаллар. Бэйэтин үгэлэригэр кини норуот олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, муудараһын көрдөрөр. Араас ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, өс хоһооннору туттан сатиристическай быһыылаах прозаларын суруйар. Күн Дьирибинэ үгэлэрэ, тардар проблемалара, тыла-өһө ситэ үөрэтиллэ, ырытылла илик.

Чинчийии сыала: Күн Дьирибинэ үгэлэрин көрүү, ырытыы.  Бу сыалы ситиһэр наадаттан маннык чопчу соруктар турдулар:

  • Күн Дьирибинэ олоҕун, айар үлэтин сырдатыы;
  • Үгэ жанр быһыытынан уратытын көрүү;
  • Күн Дьирибинэ - үгэ маастара буоларын быһаарыы. Үгэлэрин ис хоһооннорун ырытыы, тылын-өһүн, туттар ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары көрүү;
  • Степан Афанасьевич Саввин - Күн Дьирибинэ үгэтин уратытын көрүү, айымньыларыгар туруорар проблемаларын ырытыы, бэргэн этиилэрин, тылларын көрүү.

Чинчийии эбийиэгэ: С.А. Саввин - Күн Дьирибинэ  үгэлэрэ.

Чинчийии барамайа: С.А. Саввин - Күн Дьирибинэ  үгэлэрин ырытыы, уратытын чинчийии.

Үлэ методологическай уонна теоретическай төрүттрэ:  С.А. Саввин - Күн Дьирибинэ үгэлэрэ; А. Берияк, С. Попов, Эллэй олоҕун уонна айар үлэтин туһунан суруйбут үлэлэрэ, ахтыылара.

Үлэ матырыйаала: матырыйаал быһыытынан С.А. Саввин - Күн Дьирибинэ “Үгэлэр уонна хоһооннор” 1962 сыллаахха тахсыбыт кинигэттэн «Тастыҥ лааппы талбыт табаара», «Оломун билбэккэ эрэ ууга кииримэ», «Сахсырҕалаах таракаан», «Сатаабат аата, сата баһын тардыма», «Үрдэ үүс бэргэһэ, анна андьыр уу», «Тураахтаах күүдээх», «Таҥара дьоно тарбахтара тардыахтаах», «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» үгэлэр туттулуннулар.

Чинчийии ньымалара:

Үлэ сонуна: С.А. Саввин - Күн Дьирибинэ - үгэ маастара буоларын дакаастаан тылын-өһүн, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларын, туруорар проблемаларын, бэргэн этиилэрин чинчийии.

Үлэ практическай суолтата: Үлэ прозаик тылын-өһүн, үгэлэригэр көтөҕүллэр проблемаларын, бэргэн этиилэрин уратытын чинчийиигэ көмө буолуон сөп.

Үлэ тутула: Үлэ киириилээх, икки бастаах, түмүктээх, туһаныллыбыт литэрэтиирэлээх.

I БАС. КҮН ДЬИРИБИНЭ ОЛОҔО УОННА АЙАР ҮЛЭТЭ

  1. Күн Дьирибинэ олоҕо

 Степан Афанасьевич Саввин - Күн Дьирибинэ - норуот поэзиятын хоһуйар ньымаларын уонна туттар ойуулуур кырааскаларын тус бэйэтин айар үлэтигэр табатык дьүөрэлээн, саха советскай литературатыгар көр-күлүү, үгэ курдук уустук жанры төрүттээбит поэт. Күн Дьирибинэ сатирик поэт быһыытынан ситэн-хотон тахсарыгар төрөөбүт норуотун тылынан айбын номоҕор баар, көрдөөх, тэбэнэттээх кэпсээннэри, ырыалары-хоһооннору үчүгэйдик билиитэ үктэл буолбута. [4, 3].

...

Скачать:   txt (55.6 Kb)   pdf (168.3 Kb)   docx (211.5 Kb)  
Продолжить читать еще 14 страниц(ы) »
Доступно только на Essays.club